Виталий Очиров - Махтанабын
Эйигин көрсүбүт күммүтэн эрэн
Айылҕа дьиктитин көрөн
Сэбирдэх сиккиэрин кистэлэҥ тыаһын - истэбин
Сүрэхпин долгуппут кэммиттэн ылан
Истинник дууһабар киирэн
Олоҕу үөрүүнү бу дьолу билэн - турабын
х/ы:
Халанҥа дьиримниир сулустан ордук
Кытыастар саһарҕа курдук
Сырдатаҕын айаммын курук – ммм...
Эн миэхэ чугаскын күндугүн олус
Туохха да тэҥнэммэт киһи
Махтанабын дьылҕабар (до5орбор, кэргэммэр)- куруук
Дьиэбиттэн тэйэҥмин ыраата сылдьан
Ахтылҕанна куустарабын
Санаабар аттыбар тураргын ыга - кууһабын
Сырыылаах айаммар эрэли биэрэн
Түүннэри чуопчаара көрсөр
Эн миэхэ бэлэҕин кыракый киһим - уолчааным
Иэйиибит чуумпуга эйиэхэ анаан
Эппэтэх тылларбын наардаан
Сипсийэн этэбин дьолбутун түстээн - алгыыбын
Тулабын барытын сырдатар күүскэ
Олохпун киэргэтэр аналгар
Тобукпар туһэбин сибэкилэри - уунабын