Со5отох олороммун эмиэ санаан кэллим
Эйиигин ахтар эбиппин кэргэммин
То5о барыта маннык миигин утары барда
Таптал танарата миигин отой тэйиттэ
Кыталык кэриэтэ эн миэхэ кэрэ этин
То5о умулуннай миэхэ эн тапталын
Ханна сутэн хааллай истин сыhыанын
Миэхэ анаабыт таптыыр саныыр тылларын
О5олорбун ахтабын туулбэр эрэ коробун
Хас туун ахсын эhи миэхэ косто5ут
Кыыhым чугдаарар нарын кэрэ куолын
Кыра бухатыыр уолум ытыырын истэбин
Билигин кэмсинэбин олох олорорбуттан
Бэйэм бэйэбиттэн кэлэйэбин сыыhабыттан
Салгыы хайдах олорорбун билбэппин
Эйиигинэ суох тугу гынарбын тайбаппын
припев
тапталлым ааспат сенен хаалбат
сурэ5им тардыьара эмиэ уларыйбат
оьон хаалбат кини уостубат
атын оло5у кини отой батыспат
санаам этэр сурэ5им ыллыыр
ааспыт тапталы кини эмиэ еруу саныыр
ол эрэн сэгэр барыта ааьыа
миэхэ5э кэрэ санаа буолан син биир халыа
Олохпут биhиэнэ барыта албын
Ону эн ойдооруй мин тапталым
Эйиигинэ суох салгыы олох олорбоппун
Кун ахсын ытыыртан атыны мин билбэппин
Эн ойдоо миигин эйиигин таптыам
Оло5ум суолун эн эрэ тускар аныам
Баран иhиэм устуом олохпунан
Ол эрэн син биир толору дьолломмоппун
То5о диэтэххэ эн суоххун мин аттыбар
Ол иhин сурэ5им тэбэрэ бытаарар
Оло5ум суолун сулуспут сырдатар
Барыта харана ким да суох аттыбар
Баар эбит аттыбар эрэй уонна мэhэй
Миэхэ кинилэр хатылыыллар кэhэй
Ол ону кыайан тулуйбакка барыам
Мин отор олохтон сылайан тэйиэм
Ол иннинэ этиэм этэ мин эйиэхэ
Суус тогул дьолу ба5арабын эйиэхэ
Бырастыы гынаар миигин кордоhобун
Бырастыы сэгээр эн миигин аналым