Эйиэхэ маарынныыр кыысчааны көрөн дуу,
Эбэтэр дойдубун ахтыбыт санааттан,
Эбэтэр мунчаарыы бу тууйар муҥуттан
Эйиигин көрүөхпүн олустук баҕардым.
Сыл-хонук түргэнник аастаҕын аайытын
Сааһырыы боруогар чугаһаан иһиэҕим,
Онтон эн, онтон эн мин ырыам чыычааҕа
Куруутун эдэркээн кыысчааҥҥа маарынныаҥ.
Хайдахтаах да өрүс кытылын булларгын,
Хайдахтаах да ойуур сиһигэр састаргын,
Эйигин буламмын этиэхпин баҕардым
Бу төрөөн эппэтэх мин тыыннаах тылларбын.
Баламат санааҕа ылларан буоллаҕа,
Тосхойбут бу дьолбун куоттарыам дуо диэммин,
Дьон сиитин-сэмэтин барытын умнаммын
Эйиэхэ барыахпын олустук баҕардым.