Кэскилэ суох толкуйдарынан бэйэбин толороммун
мин харана5а хаайтаран хааларым
сырдыгы сайыстахпына сарсынныбар эрэннэхпинэ
сай5анан кэлээччилэр санааларым
соро5ор тулалыыр эйгэттэн барытыттан салгытаммын
чункуйбут сулумах мин буоларым
оччо5о чугас до5отторум кэлэннэр кэрэни кэпсээннэр
сырдык санааларынан туоларым
кулбэт-у8рбэт куннэрбэр сатаан утуйбат тууннэрбэр
ахтыл5ан эрэ аргыстаах хааларым
тапталбын хайаатар да5аны кини таайыа диэтэхпинэ
эрэллээхтик иннин диэки хаамарым мин
ардыгар мин этэр тылларым уту8ну у8скэппэттэр диэн
к8стубэт кулуктэринэн саптааччым
аны кэлэн тылым ким эмэ оло5ор тирэх буолуо диэн
мин санаттан астына ыллаачыым
до5оруом эн умнума ким эйиигин бу сиргэ таптыырын
ким чугастык саныырын эн умнума
сэгэрим сутэримэ сурэхтэртэн истини
кундуттэн кундуну сутэримэ
кыа5ым мунура суо5уттан мун,утуйан мин бардахпына
биир сиргэ хаайтаран турааччым
ол эрэн урут онорбут утуо хардыыларбын санаан
алгыстаах айаммын сал5ааччым
кэтэспэтэх 8ттубуттэн хобдох тылы истэммин
угустэ мин дьоннортон кэлэйбитим
уту8тук саныыр угус киhим кун анныгар баар буолан
уту8 ааппын топтору эргиппитим мин
хаста да быстах санааттан ал5астары онорбуппун
мин санаам кэлэн сонньуйааччым
ол эрэн ол сыыстарыылар аныгыскы сырыыларга
у8рэх буолуо диэн уоскуйааччым
туора-туспа сирдэринэн кэрийэ-айанныы сырыттахха
тымныы тыал тутан кэлгийээччи
ол эрэн т8р88бут алааспар ийэлээх-а5ам куутэллэрэ
сурэхпэр сылааhынан илгийээччи
бэйэм инники олохпор бары курдук олордум диэн
ту8скэ охсунарбын саарбахтыыбын
то5о диэтэр субу курдук ырыа-тойук аргыстаах
хоhоон до5ордоох олорорбун таптыыбын