Үрдүк күөх мырааҥҥа
Үктэнэн турабын
Үрэҕим урсунун одуулуу
Анныбар киэҥ сыһыы,
Айылҕа кэрэтэ,
Арыллан, көҕөрө суһумнуур.
Хос ырыата:
Баатара, Баатара,
Төрөөбүт, үөскээбит үрэҕим
Баатара, Баатара,
Төһөлөөх күндүгүн эн миэхэ!
Косилка ырыата
Курулуур, ыраатар.
Куулаҕа трактор ньиргийэр
Отчут дьон отуутун
Буруота сыыйыллар
Музыка, ырыа-көр иһиллэр.
Хос ырыата.
Сүөдэри солбуйар
Сүөдэрдии сүрэхтээх
Сүүһүнэн ыччаттар турдулар,
Бу чэгиэн кырдалтан,
Кынаты үүннэрэн,
Үөрэнэ, үлэлии көтөллөр.
Хос ырыата.