Сандаарар сардаҥа саҕахха төнүннэ, Төрөөбүт мин дойдум ыраахтан көһүннэ,
Мин кэллим, дойдубар.
Төбөбөр мунтуйбут санаам дьэ сүөрүннэ,
Агдакам иһигэр сүрэҕим мөҕүстэ, Ыллаатым ырыабын.
П-в:
Айылҕа чэлгийэн тупсубут²
Мутукча сытынан тунуйбут²
Күөх халлаан кытары долгуйбут Оллооҥҥо күөс номнуо оргуйбут
Эйиэхэ мин ырыа кэһиилээх иһэбин, Ол ырыам тылларын төбөбөр тиһэбин,
Сөбүлүөҥ, билэбин.
Дэгэрэҥ айаммар сэлиибин эбэбин, Аҕынным даҕаны олорор эбэбин, Эйигин, ийэбин.
Үөрүүбүн үллэстэн чычаахтар ыллыыллар,
Көмүстээх дорҕоону салгыҥҥа ыһаллар,
Соргуну туойаллар,
Нап нарын иэйиилэр мин куппун кууһаллар,
Ахтылҕан ырыалаах дууһабын аһаллар,
Саҥаны айаллар.