Нарын кэрэ - Таман
Маҥан таҥас кэтэҥҥин
Бүгүн мааны да кыыскын,
Yрүмэччи буолаҥҥын
Yргэн көтүөх курдуккун.
Истиҥ иэйии кынаккын
Эн иилиммит эбиккин,
Мэлдьи кэтиир сүрэхпин
Илэ көтөн кээспиккин.
хос ырыата:
Нарыйаана Нарын Куо
Намтан сылдьар этиҥ дуо?
Кэрэчээнэ Кэрэ Куо
Кэбээйиттэн этиҥ дуо?
Айталыына Айыы Куо
Амма кыыhа этиҥ дуо?
Саргылаана Саргы Куо
Сааскылаахтан этиҥ дуо?
Одуулуурбун сэрэйэн
Чугаhаан да кэлбэккин,
Сибэккилии тэтэрэн
Сэмэй нарын килбиккин.
Таарыйбакка дугуйан
Лыахтан атын дайбаккын,
Кыталыктыы кынтайан
Кыраhыабай да кыыскын.
иккис вариант
куплет/хос ырыата