"Күн эдьиий" Ника
1. Манньыта угуттаа
Сылаанньытан уураа
Сырдыгынан сыдьаай
Хараҥаны кыйдаа
Эдьиий күнүм ыллаа
Симэхтэргин кэтэн
Симэнэн киэргэнэн
Бүгүн эмиэ саарат
Ымсыырда үҥкүүлээ
Эдьиий күнүм ыллаа
Х/ы Күллэр күллэр кыыс оҕону
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ
Кистээн кистээн тутаарыый дуу
Баҕа санаабын толор дуу
Хап-хара отон харахпар
Өссө үөрүүнү хааллар дуу
2. Көҥүлгэ күөлэhийэн
Доҕотторбун ыҥырыам
Оhуокай оонньуутугар
Оhуордаан үҥкүүлүөм
Эдьиий күнүм ыллаа
Уолан киhи элбэх
Уоран көрөллөр ди
Харахтарбын кыбыста
Суhуохпар кистиибин
Эдьиий күнүм ыллаа